Оригинальные идеи,

сценарии для досуга

Материалы для обучения

в любых сферах

Готовые решения

на любой возраст

Зарабатывайте

на своих креативах

Возраст
Предметы
Классы
Категория
Формат
Цена
  1. Главная
  2. Другие
  3. Сценарий ко Дню отца "Аҕа күрэҕэ" для соревнования отцов

Сценарий ко Дню отца "Аҕа күрэҕэ" для соревнования отцов

Сценарий проводится в школе ко Дню отца в форме соревнования. Игра содержит вопросы, загадки по теме охоты, рыболовства и др. Для знания своих обычаев, традиций якутского народа. Для повышения кругозора

Вид сценария

Другие

Категория

Другие
Формат Текстовые документы
Бесплатно

Цифровая загрузка

Описание Отзывы (0) Вопросы автору (0) Другие проекты автора

Описание проекта

Үтүө күнүнэн күндү амарах аҕалар!

Саха бастакы президенэ М.Е.Николаев 1999 сыллаахха олунньу 15 күнүгэр Аҕа күнүн бырааһынньыгын олохтуур гына дьаһал таһаарбыта. Ол курдук, муус устар маҥнайгы өрөбүлэ Саха Өрүспүүбүлүкэтигэр А5а күнүнэн биллэриллибитэ. Аҕа суолтата дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитиигэ сүрүн миэстэни ылар.

Биһиги нэһилиэк аҕаларын, эркин курдук эрэнэр эр бэртэрбитин бу улахан суолталаах күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Таһаарыылаах үлэни, үтүө холобур буолан тулалыыр эйгэҕитин тупсара, ылсыбыккытын ыпсара туруҥ! Дьиэ кэргэҥҥитигэр өйөбүлү, өйдөһүүнү.

2019 сыл – Байанай сыла буолар. Онон күрэхпит аата – Байанай күрэҕэ диэн ааттанар.

Байанай – Үрүҥ Айыы Тойон уола, ойуур-тыа иччитэ. Байанай кыыл тириитэ таҥастаах, кыһын хайыһарынан сылдьар, сүрдээх үөрүнньэҥ.

Күрэхпитин саҕалыаххайыҥ!

Бултуу бардыгыт.

1 түһүмэх. Кутаа уотун оттуу. Ким түргэнник күөһүн өрүнэр эбитий? Саха киһитэ оттуу да сылдьан, бултуу да сылдьан уот оттон күөстэнэр. Бу түһүмэххэ мас хайытан, күөс оннугар түргэнник быаны быһытар гына аал уоккутун оттоҕут. Ким сылбырҕа эбитий?

2 түһүмэх. Уоккутун оттон күөстэнэн аһаан баран, бултуу бардыгыт. Түһүмэхпит аата - Баай барыылаах Байанайтан көрдөһөн алгыс тылын этии. Аал уоккутун оттон арыылаах алаадьынан күндүлээн уустаан-ураннаан алгыс бастыҥын этээһин.

3 түһүмэх. Кыыл-сүөл суола. Арай тыаҕа киирбиккит, сиргэ араас кыыл суолун-ииһин хаалларбыт. Ким сөпкө кыыл суолун таайар эбитий?

4 түһүмэх. Сыал ытыы. Тыаҕа киирбиккит арай кыыл турар эбит. Эһиги бу кыылы сааҕытынан табыахтааххыт. Бу түһүмэххэ бэргэн ытааччыны быһаарыахпыт.

5 түһүмэх. Предмети ыраахха диэри быраҕыы – булчут кыаҕын көрдөрөр. Түһүмэхпит аата - Ким ыраахха диэри маһы быраҕар эбитий?

6 түһүмэх. Кыылы, көтөрү сонордоон сүүрүөххүн да сөп. Түһүмэхпит аата - Ким түргэнник сүүрэр эбитий?

7 түһүмэх. Бүтэһик түһүмэх. Билии-көрүү түһүмэҕэ.

Кыһыл Үрүйэҕэ бултааһыҥҥа, балыктааһыҥҥа сыһыаннаах күөл, сир аатын ааттаталааҥ.

(Тоҥуу күөлэ, Баҕадьы күөлэ, Буур ойбоно, Кыһыл Балыктаах, Алыһардаах, Майаҕастаах, Күстэхтээх, Мундулаах, Дьарҕаалаах, Тугуттаах, Саадах, Чардырҕастар, Таҥара сиэбит, Тоҥуу, Саадах, Буур ойбоно,Эһэлээх, хаастыыр).

Таабырыннар

1.      Ийэтэ иҥсэрийэ хаалбыт, оҕото ойон хаалбыт         (саа эстэрэ)

2.      Аҕыс уон арыалдьыттаах, тоҕус уон доҕуһуолдьуттаах, сэттэ уон сирдьиттээх Ытык Ыдалыма эмээхсин баар үһү.             (муҥха)

3.      Халлаантан хара суор хаһыытаабытынан хап гына түспүтүгэр, ымыйалаах кымыс былтас гыеа түспүт.                   (анньыы, ойбон)

4.      Сайын сагынньах кэтэр, кыһын сыгынньах сылдьар баар үһү.       (таба муоһа)

5.      Икки титирик сэргэстэһэ үүнэр үһү.   (тайах муоһа)

6.      Сүүрэр атахтаахтан сымыытынан төрүүр баар үһү  (кымырдаҕас)

7.      Ураҕас төбөтүгэр ойуу-бичик баар үһү   (куйуур)

8.      Сыыдам сырыылаах, сурааһын суоллаах, аллаах ат баар үһү (хайыһар)

9.      Тыа быыһыгар тулата дулҕалаах, ыарҕа сэппэрээк үүнээйилээх көлүччэ курдук уу                                              (дүөдэ)

10.Түүлээх тириинэн бүрүллүбүт кэтит, ордук уйдарылаах булт хайыһара                                                       (туут хайыһар)

11.Айаҕынан иитиллэр кылгас тимирдээх былыргы саа          (туурка)

12.Куйуур маҥкытын эбэтэр суоруна тутааҕын уган эргитэргэ туттуллар ортотунан үүттээх мас                      (түөрэй)

13.Курга бааныллар эбэтэр санныга кэтэр кыра тирии хаа, суумка     (хаппар)

14.Илим, муҥха үөһээҥҥи ситимигэр баайыллар дагдатар оҥоһук, түүрүллүбүт туос эбэтэр атын                           (хотоҕос)

15.Сайын сиикэйдии хатарыллыбыт мунду             (хохту)

16.Кыракый сүгэ                                                 (чохороон)

17.Кыһыҥҥы кэмҥэ күүстээх кураанах тымныы тыал       (чысхаан)

18.Ат көлө ыҥыырыгар ууруллар, ыҥыырдыллар таһаҕас   (ындыы)

19.Куттаҕаһа суох күүстээх, ыарахантан чаҕыйбат, хотоойу санаа     (эр санаа)

20.Оҥочону хаамтарар төбө өттө салбахтаах оҥоһук          (эрдии)

21.Ыҥыыр холунун бирээскэтин иһинэн уган тардар үүттэрдээх кур курдук тирии быа                                                                  (дьирим)

22.Ууттан улахан балыгы батары кытаахтаан таһаарар мас уктаах дьоҕус тимир тордуох                                                        (дэгиэ)

23.Сыыспат, олус табыгас                                                   (бэргэн)

24.Биирдии ботуруонунан иитиллэр урукку бинтиэпкэ    (бэрдээҥкэ)

25.Ыҥыыр сирэйин уонна кэлин өттүн маһа                    (бүргэ)

26.Күүһүн-уоҕун үрдүгэр сылдьар харса хабыра суох эбэтэр дохсун эдэр киһи                                                                             (бөтөс)

27.Хаппыт лабаа                                                          (абырҕал)

28.Сиргэ оттуллубут уот, кутаа                             (кулуһун)

29. Мин даркы уоруйах

            Мин диэтэх уордайан

      Тыыннаахтыы ыйыстыам

     Тымтайга быраҕыам             (туу)

30.Мин сур соно5оспун

Мин суола суохпун

Эн миигин миинэ5ин

Эн миигин билэ5ин               (тыы)

   

 Болот Боотур

Таабырын хоһооннор

1

Бу да кыракый буолларбын,

Бууру охторо бухатыырбын– диэн

Чахчы-бааччы чабыланааччы,

Чааркаантан эрэ чаҕыйааччы,

Сыһыыны, толоону сыыйталыыр

Сыҥынах анныттан быгыалыыр,

Кыраһа курдук кылбаҕаркаан,

Кынаҕар-чоноҕор кыысчаан баар үһү.      

(кырынаас)

2.

Сыҥ-маар дойдулаахпын,

Сылбах, сыгынах дьиэлээхпин,

Оҥхой-аҥхай оронноохпун,

Былах-талах аһылыктаахпын:

Сайынын саһархай харабын,

Күһүнүн күрүҥ көгөччөрбүн,

Кыһынын кылбаа маҥаммын, - диир

(куобах)

3.

Тумустаах да буолларбын

Тоҥсоҕой буолбатахпын,

Чыпчаалга да сырыттарбын

Чыычаах буолбатахпын,

Тииккэ да ытыннарбын

Тииҥ буолбатахпын;

Аарыма мастар салааларыттан,

Атахпын-илиибин сараадытан,

Тиһиликтээх тирии өрөҕөбүн

Тиирэ тардан көтөбүн.

(киргил)

4.

Үрүйэ сирдэрим

Үрдүк систэрин,

Чагда тыаларым

Чаллах мастарын

Хойуу салаатыгар

Хоргойон сылдьааччы,

Саллар сааһыгар

Сааһыттары муҥнааччы,

Күөх-күрүҥ,

Күндү түүлээх,

Үүт-үрүҥ

Үчүгэй өрөҕөлөөх,

Хаппыт тэллэй

Хасааһа дэлэй,

Амтаннаах эриэхэ

Аһылыга эриэккэс,

Тилигирии тэбинэр

Тирэх мас оҕото,

Куһугураан куотар,

Кутуругунан оонньуур

Кубарыйа кыысчааммыт

Кумалааҥҥа кыстаабыт.

(Тииҥ)

5.

Сайылыкка ыҥырааччы,

Кутуругун хоротор

Куку-куо кыыс,

Кэдэйэн-мэтэйэн олорон,

Кэпсээн-ипсээн кэҕийэр

(кэҕэ)

6.

Эрбэ5ин туора5ын итигэстээн,

Эрийэ-буруйа мэнээктээн,

Ойуур-сыһыы хаарын

Оймоон, кэһэн дьаарбайар,

Суол-иис таһааран

Сурук-бичик таарбайар,

Чөҥөчөк аттынан чөкчөрүйэр,

Дулҕа быыһынан догдоруйар,

Туос курдук туртаҕар,

Тураах курдук хантаҕар,

Хара улар балтынабын,

Хабыйахаан диэн ааттанабын”, - диир

Хаардаах кыраай кыыһын

Хаачыгыраанам сыыһын

Хара ыарҕаттан булуоххут.

(куруппааскы)

7.

Чугаһы-ырааҕы чуҥнуур,

Чубукулаах тыалары чордуур,

Куобаҕы, хабдьыны куоттарбат,

Сүөһүнү,табаны сүгүннээбэт,

Суостаах-суодаллаах,

Суолга кутталлаах

Сундулуйар сур субуруку

Суох буолуохтаах судургу (бөрө)

8.

Хахыйах намчы была5н

Хадьырыйа хабан мэччийэр,

Даллаҕар кулгаах,

Дараҕар муос,

Дабыйыкы сүүрүк

Дархан хаан

Даркылаах тыаҕа

Дагдаллан сырыттаҕа.                  

(тайах)

9.

Кугас торбос курдукпун,

Кулунчук саҕа үрдүкпүн,

Табачаан даҕаны буолуохпун

Тараҕар муоһа суохпун;

Чуочаллыбыт уһун атахпынан

Чугуулаан ойон бардахпына,

Ыттан, бөрөттөн куотааччыбын”, - диир

Чочур Мураан оҕочооһо

Чочуонай Чуохаан баар үһү.

(чубуку)

10.

Бурдук үүммүт буолаҕын

Орох тэбэн тэпсээччи,

Буспут оруос туораҕын

Омурдун муҥунан симээччи;

Чаачар саалаах уолчаантан

Ча5ыйан ыраах сүүрээччи,

Титирик намчы чыпчаалыттан

Тэбинэн түһэн тэскилээччи,

Мутук быыһыгар мукуруҥнуур,

Тоһоҕо төрдүгэр токуруҥнуур

Дьураа күрдьүгэс дьүһүннээх

Дьүрүкү-дьирики уолу

Дьулайга чакыйар куолу.

(моҕотой)

Викторина ыйытыктара.

1.     Сахалыы булт тэриллэрин ааттаталааҥ. ( Саа, ботуруон, буулдьа, туу, илим, муҥха, туһах, сохсо, хапкаан, чааркаан,айа, тиргэ, тэптиргэ, батарантаас, чуумпуур, батыйа быһах, тыы, хайыһар, буорах, доруобунньук о.д.а.)

2.     Кыыллары,көтөрдөрү суолларын көрөн быһаарыҥ.(тииҥ, куобах, саһыл, бөрө, киис, солоҥдо, кырынаас)

3.     Бултка сыһыаннаах таабырыннары таайыҥ: 

        Абааһы уола эрбэҕин таарыттарбат үһү. (саа эстэрэ)

        Испэр киириэҥ – мэҥэстиэм, хаарыйан ааһыаҥ – таптайыам диир баар үһү. (сохсо)

4.     Муҥха чаастарын ааттаталааҥ, муҥхаҕа ханнык тэриллэр туттуллалларын этиҥ (кыйат, ийэтэ, туос, таас, үтүмэх, суур, атырдьах мас, буор мас, нырыы)

5.     Саха сирин бултанар адьырҕа кыылларын ааттаталааҥ. (эһэ, бөрө, саһыл, сиэгэн, бэдэр, үрүҥ эһэ)

6.     Булт сиэрин-туомун билиһиннэриҥ:  (сири-уоту ал5ааһын)

7.     Булт ханнык көрүҥэр хапкаан туттулларый?

(андаатар, кырынаас,киис, солоҥдо, саһыл, бөрө)

8.     Куобах көтөҕө түһэр кэмигэр ханна саһарый? (тыа саҕатыгар, чараас лааҥкыга, кэрдиллибит сиргэ уонна ырааһыйаҕа)

9.     Кыһын маҥхайар ханнык кыылы билэҕитий? (куобах,муҥур)

10.                       Туртас муоһа хаһан түһэрий? (алтынньы,сэтинньи ыйдарга)

11.                        Куобах дириҥ хаарга тоҕо батары түспэтий? (атаҕын түүтэ кыһын хойдон сабардама улаатар)

12.                        Тайах муоһа хаһан түһэрий? (ахсынньыга)

13.                        Бөрөлөр кыһын тоҕо үөрүнэн сылдьалларый? ( элбэх буолан бөдөҥ булду түргэнник бултууллар)

14.                        Сүүрдэҕинэ кэлин атаҕын иннигэр түһэрэр сүүрүк аата? (куобах)

15.                        Кумалааҥҥа уйаланар, кутуругунан оонньуур кубарыйбыт кыысчаан аата? (тииҥ)

16.                        Ханнык кыыл ороҕор тыҥыраҕын суола хаалбытый? (бэдэр) – ойуу

17.                        Кыһын хойутууругар   куобах төһөҕө маҥхайарый? (күһүн хойут)

18.                        Саха сиригэр кыстыыр, мутукча аһылыктаах, тэлээрэн көтөр кыыл аата? (нэтээги)

19.                        Саамай элбэх оҕолоох ханнык кыылый? (кырынаас - 20)

20.                        Куйааһы тулуйар ханнык кыылый? (кырынаас)

21.                        Ханнык кыыл куйааһы тулуйбатый? (киис)

22.                        Ханный кыыллар туспа тахсан киирэр сирдээхтэрий? (таарбаҕан, нэтээги)

23.                        Куобах саас хойутаан түүлэннэҕинэ саас хайдах буоларый? ( тымныы саас буолар)

24.                        Ханнык кыыл түөртэ төрүүрүй? (куобах)

Манан биһиги Аҕа күрэҕин түмүктүүбүт. Ким сүрэхтээх, дьаныардаах, сатабыллаах кыайдын!
 

10

Отзывы (0)

Рейтинг проекта:
0

Вопросы (0)

Другие проекты автора

Сценарий проводится в школе ко Дню отца в форме соревнования. Игра содержит вопросы, загадки по теме охоты, рыболовства и др. Для знания своих обычаев, традиций якутского народа. Для повышения кругозора
0 ₽