Оригинальные идеи,

сценарии для досуга

Материалы для обучения

в любых сферах

Готовые решения

на любой возраст

Зарабатывайте

на своих креативах

Возраст
Предметы
Классы
Категория
Формат
Цена
  1. Главная
  2. Сценарии на Новый год
  3. Сценарий новогоднего утренника в старше-подготовительной группе "12 ый туһунан остуоруйа"

Сценарий новогоднего утренника в старше-подготовительной группе "12 ый туһунан остуоруйа"

0 подписчиков
Сценарий новогоднего утренника в старше-подготовительной группе. Дети окунаются в волшебную атмосферу праздника, в котором они вместе с родителями творят сказку. Каждый исполняет свою роль в этом действии. Не это ли является главной задачей воспитания детей? Ведь ведущим видом деятельности детей является игра - а где же еще, как не в сказке, открываются все грани таланта ребенка! Творите! Дерзайте! Играйте! Все для вас, дети.

Вид сценария

Новогодние праздники

Категория

Сценарии на Новый год
Формат Текстовые документы
Бесплатно

Цифровая загрузка

Описание Отзывы (0) Вопросы автору (0) Другие проекты автора

Описание проекта

Сценарий

12 ый туһунан остуоруйа.

Намылыйар лабааҕар

Киэргэл бэрдин эринэн

Килбэчийэр киистэҕэр

Көмүс дуйдуу бүрүнэн,

Кыраһыабай бэйэккэҥ

Кынтайаахтаан лаглайан,

Күндүалмаас өҥүнэн

Күлүмүрдүү тураҕын.

Күндү оҕолор, иитээччилэр, убаастабыллаах төрөппүттэр уонна ыалдьыттар! Эһигини барыгытын кэлэн иһэр Саҥа Дьылынан э5эрдэлиибит! Баҕарабыт кытаанах доруобуйаны, улэҕитигэрүрдүк ситиһиилэри, дьолу-соргуну!

  1. Хоһоон «Баархат халлаан уорҕатыгар» ааҕар Ярослав Акимов

Баархат халлаан уорҕатыгар

Чаҕылыһар сулустар

Алаас хаардаах сыһыытыгар

Хоробуоттуур курдуктар.

Детсад аанын арыйан

Сана дьылбыт кэлбитэ,

Сандаар уоттаах харыйа

Күлүмүрдүүтүспүтэ.

Оҕолоор, остуоруйа дойдутугар ыалдьыттыы барабыт дуо? Барыахха. 12 ый диэн остуоруйаҕа ыалдьыттыах.

Былыыр-былыр, биир дэриэбинэҕэ олус кыыһырымтаҕай уонна кэччэгэй эмээхсин олорбут. Маайа диэн ааттаах эбит. Кини Кэтэриинэ диэн бэйэтэ төрөппүт кыыстаах эбит, уонна Ааныс диэн иитийэх кыыстаах эбит. Бэйэтинкыыһын олус атаахтатар, маанылыыр үһү, оттон иитэ ылбыт кыыһын Ааныһы сарсыардаттан киэһээҥҥи диэри үлэлэтэр эбит, уонна наар мөҕөн тахсар үһү.

Арай биирдэ, тохсунньу ый муҥутаан турар кэмигэр Кэтириинэ Ааныһы ыҥыран ылбыт уонна эппит: - Ааныс,кэл бэттэх! Мин ньургуһун сибэккиини көрүөхпүн баҕардым. Мэ, бу корзинаны ыл уонна ньургуһуна суох кэлимэ!» - диэбит.

Ааныс: -Ол кыһын ортото ньургуһуннар үүммэттэр ээ. Хантан мин булабын?

Кэтэриинэ: - Хантан да бул. Тахсан бара тур! – диэбит Кэтириинэ.

Ведущай:Хайыаҕай, тэҥнэһиэ дуо, корзинатын ылан баран тахсан барар.Тоҥуу хаары кэһэн тыаҕа тиийэн кэлэр. Тыа иһэуу-чуумпу. Хаар бөҕөтө түһэ турар.

(Хаарчааналар үҥкүүлэрэ)

Ведущай:Кыыс хаар быыһынан көрбүтэ – арай кутаа уота умайа турар эбит. Кутаа уот тула киһи бөҕөтө олорор үһү. Ааныс ааҕан көрбүтэ – 12 ыйдар олороллор эбит. Саамай кырдьаҕастара – Тохсунньуыйкыыһы көрөн соһуйан туран кэлэр уонна ыйытар:

- Хайа, кыысчаан, хара тыаҕа эн тугу гына кэллиҥ? Дэлби тоҥмуккун. Туох кыһалҕаҕа түбэстиҥ?»

Ааныс:- Миигин ньургуһун сибэккии хомуттара ыыттылар. Сибэккиитэ суох кэлимэ диэтилэр» (ытыыр)

Тохсунньу ый: Ньургуһун даа? Тохсунньу томороон тымныытыгар даа? Оодьэ, мин эйиэхэ көмөлөһүөхпүн баҕарабын да олунньу уонна кулун тутар ыйдар миэхэ көҥүллээбэттэр буоллаҕа дии.

Олунньу ый: Мин олунньу ый – мөккүһэ барбаппын, туораан биэрэбин.

Кулун тутар:(торуоскатынан сири тонсуйар) «Кыысчаан, ыксаа – убайдарым биир эрэ чааһы көҥүллээтилэр, корзинаҕын ыл уонна сибэккиигин хомуйа оҕус»

Ведущай:Кыыс түргэнник ньургуьуннары корзинатыгар хомуйа охсор уонна дьиэтигэр сүүрэр.

(ырыа, хоьоон)

Ведущай:Ааныс дьиэтигэр тиийбитэ маачаха маамата уонна эдьийэ тиэрэ кэлэн туһэ сыһаллар.Маайыс, Кэтириис - «Хайаа, бу хантан аҕаллын?»

Ааныс:Мин тыаҕа бараммын 12 ыйдары көрүстүм. Кинилэр миэхэ ньургуһуннары биэрдилэр.

Маайыс:12 ыйдары көрсөн баран тоҕо ньургуһун эрэ көрдөөтүҥ? Акаары кыыс!

Кэтириис:Мин эбитэ буоллар үрүҥ көмүһү, кыһыл көмүһү барытын көрдүөм этэ, корзинабар тобус-толору куттарыам этэ.

Маайыс:Кэтириис, ыл таҥын түргэнник, бардыбыт 12 ыйдары көрсө. Ханна баалларый? Булуохпут.

(ырыа, хоьоон)

Ведущай:Маайыстаах Кэтириис тоҥуу хаары оймоон тыаҕа тиийэн кэллилэр. Ыраах уот кылайар сиригэр тиийбиттэрэ 12 ыйдар олороллор эбит.

Тохсунньу ый: Хайа, бу туох кыһалҕаҕа кыһайтаран кэллигит?

Маайыс, Кэтириис (бииргэ): Биһиэхэ үрүҥкөмүстэ уонна кыһыл көмүстэ биэрэ охсуҥ! Ычча, дэлби тоҥнубут!

Тохсунньу ый:(кыыһырбыт, торуоскатынан тоҥсуйар) – Дьэ суох! Барытын бииргэ өссө ким да ыла илик! Барыҥмантан, тугу да биэрбэппин!

Ведущай: Майыстаах Кэтириис тахсан бараллар ытаьа-ытаьа.

Ведущай:Дьэ сити курдук 12 ыйдар иҥсэлээх Маайыһы уонна Кэтэрииһи кэһэппиттэр. Оттон үтүө-мааны майгылаах, улэһит Ааныска көмөлөспүттэр эбит.

Ведущай:-О5олор, истиэхэйиҥэрэ, туох тыаһыырый? (Дед Мороз торуоскатынан тоҥсуйа-тоҥсуйа киирэн кэлэр).

Дед Мороз: Дорооболоруҥ оҕолоор! Кэтэспиккит дуо миигин?

О5олор:Кэтэһээн, Дед Мороз! Сылайбытыҥбуолуо, кэлэн манна олор, сынньан.

Ведущай:Биһиги о5олорбут ырыа ыллыахтара. Хор

Дед Мороз: Оо,сылайан бөҕө. Бүгүн эрэ самолетунан Африкаттан көтөн кэллим. Онно эмиэ оҕолор бырааһынньыктарыгарсырыттым. Дэлби итиргээтим. Хата бу Хоро5о кэлэмминсөрүүкээн эрэбин. Бай, о5олоор, оттон эьиэхэ туох эрэ тиийбэт курдук дии. Туоххут суоҕуй? (эргичиҥнээн көрөр). Ээ. Биллим. Чээрэ, бары бииргэ этиэххэ: «Елкабыт умай! (3 раза) (елка уотун холбуубут.)

«Саҥа дьыллааҕы хоһоон» Ааҕаллар Сережа, Дамир, Кеша, Эрик.

Дед Мороз:(телефона тыаьыыр) Аллоо - Здравствуйте. Вы оставили свой багаж в аэропорту города Олекминска. Просим забрать его поскорее, иначе ваш багаж полетит обратно в Африку!

(Дед Мороз муҥатыйа-муҥатыйа сүүрэкэлии сылдьар) Оо, хайдах буолабын билигин, оҕолорбор подарок аҕалан иһэн аэропорка хаалларан кэбиспиппин буолбат дуо!

Ведущай:Уоскуй, Дед Мороз, биһиги дьолбутугар 2022 сыл символа - тигр эмиэ эйигин кытта биир самолетунан көтөн кэлбит эбит Африкаттан. Кини субу билигин аҕай массынаннан а5алла умнубут подароктаргын. (Подарогы Тигр уонна африканецтар киллэрэллэр.) Үҥкүү Чунга-Чанга.

Тигр:О5олоор, мин сылым бутэн эрэр, төптөрү Африкабар барыахпын наада кэлбит самолеппунан. Барыам иннигэр бу 2023 сыл символыгар – Куобахха – күлүүспүн туттарыахпын баҕарабын.

(Куобахтар Летка-Енка музыкатынан уҥкуулээн киирэллэр)

Тигр:Куобах, эн тигр курдук кыргыспат кыылгын. Эйиэхэ күлүүһү биэрэбин. Эн сылгар ил-эйэ тосхойдун, сэрии тохтоотун. Бары бу куобахтар курдук эйэлээх баайытык олоруҥ. Мин бардым. Аны 12 сылбуолан баран эргиллиэм.

Күлүүһүн биэрэр. (Покалаһан баран тахсан барар)

(Подарок туҥэтиитэ)

Дед Мороһу атаарыы

Отзывы (0)

Рейтинг проекта:
0

Вопросы (0)

Другие проекты автора

Сценарий новогоднего утренника в старше-подготовительной группе. Дети окунаются в волшебную атмосферу праздника, в котором они вместе с родителями творят сказку. Каждый исполняет свою роль в этом действии. Не это ли является главной задачей воспитания детей? Ведь ведущим видом деятельности детей является игра - а где же еще, как не в сказке, открываются все грани таланта ребенка! Творите! Дерзайте! Играйте! Все для вас, дети.
0 ₽